Карл Карлович Байкалов
Карл Карлович Байкалов – биллиилээх революционер, Латвия5а, Иркутскай губерния5а аатырбыт партизанскай этэрээттэрин хамандыыра, Кыһыл Армия биллиилээх деятеля, Саха АССР политическай, Государственнай деятеля, латыш норуотун баараҕай уола.К.К. Некүндэ тохсунньу 2 күнүгэр 1886 с. Латвияҕа Рига куораттан чугас латыш батараагын дьиэ-кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Карл Вильгельмович, ийэтэ Дора Яковлевна уонна бырааттара, убайдара – бары дьиэ-кэргэнинэн революционнай хамсааһын актыыбынай кыттыылаахтара.
10 сааһыттан батараактыыр, 14 сааһыттан Рига куорат собуоттарыгар үлэлиир. Революционнай үлэлэргэ кыттыһар, таарыйа 4 кылаастаах куорат училещатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр
1905 с. 19 саастааҕар латыштааҕы СДРП-ҕа киирэр. Профессиональной пролетарскай революционер буолар.
1906 с. Аан бастаан ыраахтааҕы полициятынан тутуллан хаайыллар. 1907 с. Иккистээн тутуллан 3 ый хаайыллар. 1909 с. Уһустээн тутуллар. 9 ый хаайыы кэннэ Енисейскэй губерния Канскай үөһүгэр олохсута ыыталлар. 1911 с. Революционнай хамсааһыҥҥа кыттан ыраах саха уобалаһыгар ыытылларга быһаарыллар. Аара баран күүскэ ыалдьар, онон Иркутскай губерния Марзунка сэлиэнньэтин балыыһатыгар хааллараллар.
5 сыл буолан баран Некундэ дьэ кэргэн бары Иркутскай губернияҕа көһөн кэлэллэр: ийэтэ, аҕата уонна бырааттара. Бу бириэмэҕэ Карл Качугка грузчигынан, телеграфка рабочайынан, Черемховскай чох шахтатыгар забойшигынан үлэлиир.
1917 с.Октябрскай революция буолан дойдуга улахан айдаан тахсар. Үгүс мятежтар, восстаниялар күннэтэ тахса тураллар. Манна Некундэлэр рабочай-бааһынай былааһын көмүскэһэн араас событияларга кытталлар.
1918 с. бэс ыйын 15 күнүгэр Иркутскайга советтар бастакы губернскай съезтэрэ буолар. Партизанскай хамсааһыны тэрийиэххэ диэн быһаарыынан К.К. Некундэ тайҕаҕа партизаанныы барар. Кинилэр Колчаковецтар утары охсуһаллар, Верхоленскайынан, Байандайынан, Байкал тулатынан хонтуруолу туталлар. Байкал тулатынан колчаковецтары утары киирсиилэргэ кыайыылаах тахсара. Ол чиэһигэр К.К. Некүндэ иккис фамилияны Байкаловы ылыммыта.
1921 с. саас Дальнай Восток интернациональнай Коммунистическай секретариатын быһаарыытынан Кыһыл Армия экспидиционнай этэрээтин начаальнигынан ананнар. Бу этэрээт Арҕаа Монголияҕа Барон Унгерн, атаман Казанцев, Есаул Кайгородов, генерал Бакич этэрээттэрин утары байыаннай операцияларга кыттар.Бу сырыыларга Саруль-Гунь диэн монастыырга 44 күн устата төгуруктээһиннэ түбэһэн оборонаҕа сыталлар. Манна К.К. Байкалов уонна С.Ю. Широких-Полянскай оборонаны сатаан тэрийэр, саллааттар дууһаларын тутар дьоҕурдара арыллар. Монголияны белогвардеецтартан уонна олохтоох баандалартан быыһыыллар. Коммунистическай партия уонна Советскай правительство К.К. Байкаловы үрдүктүк сыаналаан 1922 с. ахсынньы 22 күнүгэр Кыһыл Знамя орденынан наҕараадалыыллар.
1921-22 сс. Саха сиригэр байыаннай-политическай балаһыанньа ыарыыр. Гражданскай сэрии саамай өрөгөйө буолар. Сиббюро КК-та уонна РПК(6) КК. САха сиригэр буолар балаһыанньаны кэтээн олорон Н.А. Каландрашвилины Саха губерниятын уонна Хотугу кыраай сэбэлиниилээх күүстэрин командующайынан аныыр. Этэрээт штаба 1922 с. кулун тутар 6 күнүгэр Төхтүр анныгар засадаҕа түбэһэр. Засадаҕа 32 байыас, Каландрашвили бэйэтэ, 12 ямщик өлөллөр уонна 6 киһи сураҕа суох сүтэр.Сиббюро Каландрашвили оннугар биллиилээх революционеры, Сибииргэ партизанскай хамсааһын саталлаах салайааччытын, Кыһыл Знамя орденнаах Кыһыл Армия командирын К.К. Байкаловы анаан ыытар. Мантан ыла Саха сиригэр гражданскай сэрии К.К. Байкалов аатын кытта ыкса сибээстээх сана кэмэ кэлэр. К.К. Байкалов оччотооҕу байыаннай-политическай балаһыанньаны сөптөөхтүк сыаналаан, гуманнай политиканы ыытан кыайыылаах тахсар. Армия уонна норуот убаастабылын ылар.
1922-23 сс. Пепеляев генерал авантюрата буолар. К.К. Байкалов бу компанияҕа байыаннай күүстэри сөптөөхтүк салайан, байыаннай операцияларга бэйэтинэн кыттан пепеляевщина үлтүрүтүллэр. Пепеляевщинаны кыайыы иһин К.К. Байкалов иккис Кыһыл Знамя ордерынан уонна ЯЦИК үрүн көмүс знагынан наҕараадаланар.
Бэс ыйын 23 күнүгэр 1923 с. Саха сириттэн барар. Бэһис армия байыаннай трибуналыгар үлэлиир. Аҕыйах күн үлэлээбитин кэннэ «Тунгусскай бастаанньа» күөдьүйэр. Бу бастаанньаны саба баттыырга партия КК.-н уонна ВЦИК комиссиятын председателинэн ананар. 1925 с. Тунгуускай бастаанньа сэриитэ суох переговорунан хамаандалаан баттаныллар. Саллааттардыын, салайааччылардыын амнистияланар. Партия КК-та манна сөптөөҕүнэн ааҕар.
Олунньуга 1926 сыллаахха Армияттан демобилизацияланар. ВЦИК президиумун иһинэн Хотугу комитеттка үлэлиир. Якутскайга 1927 с. эргиллэн кэлэр. Бу сырыыга саха интелигенциятын контрреволюционнай өрө туруутун хам баттааһыҥҥа үлэлэһэр. Манна кини саха норуотун быраабын туруулаһыытын күүскэ көмүскэһэр. Ол гынан баран өрө туруу биричиинэтин боппуруоһугар хайдыһыы тахсан обком партиятын секретарыттан туоратыллар. Өрө туруу салайааччылара Артемьев, Михайлов, Ксенофонтов тутуллаллар.
1932 с. Саха сирин обкуомун партиятын ходатайствотынан Якутлестрой салайааччытынан ананан үлэлиир. 1936 с. Саха АССР ис охранатын Байыаннай трибуналын председателинэн ананар.
Партия уобаластааҕы комететынан уонна Саха АССР правительствотын чилиэннэрин быһыытынан улахан партийнай, общественнай үлэлэри ыытар. Үлэһит маасса ортотугар улахан убаастабылы уонна авторитеты ылар. 1932 с. тохсунньуга республика общественноһа К.К. Байкалов 50 сааһын киэнник бэлиэтээбитэ. Юбиляры Партия Обкома, ЯЦИК уонна Совнарком, государственнай уонна общественнай тэрилтэлэр, соратниктара, табаарыстара, байыаннай, общественнай деятеллэр эҕэрдэлээбиттэрэ, уруйдаабыттара. Кини аатын бөһүөлэктэргэ, уулуссаларга колхозтарга, оскуолаларга инэрбиттэрэ.
1937с. балаган ыйын 7 кунугэр Троцкайдаагы кытта сибээстээххин диэн сууттаан 10 сылга хаайыыга ууруллар. НКВД оьуобай отделын быьаарыытынан 1941 с балаган ыйын 10 кунугэр срога 5 сылга кылгатыллар.
Срога бутээтин кытта С.И.Сосин уонна Саха АССР доруобуйа харыстабылын солбуйааччы наркома Е.Н.Андреев кемелерунэн Моорукка сана аьыллар Тубсанаторийга кылаабынай бырааьы солбуйааччынан Завхоз дуоьунаьынан улэгэ ананан тахсар. 1944-48 сс. Суолага олорон санаторийга улэлиир. 1948 с алтынньытыттан 1950 с атырдьах ыйыгар диэри Абалаах курордугар завхоьунан улэлиир.
1950 с. атырдьах ыйын 8 кунугэр Абалаахха улэлии сылдьан эмискэ ыалдьан өлөр. Бэйэтин кэриэс тылынан Моорук Улахан сайылыгар көмуллэр.
1956 с. тохсунньу 13 кунугэр утуө аата төннөруллэр.
2. Моорук Суолатыгар К.К.Байкалов аатын үйэтитии
ЯЦИК президиума 1928 с. бэс ыйыгар К.К. Байкалов Саха сириттэн барар кэмигэр киниэхэ туьулаан улахан этии киллэрэн махтанарын биллэрбитэ. Этиигэ Саха норуотугар сункэн утуетун бэлиэтээбитэ: «Прибыл в Якутск в качестве командующего вооруженными силами «в момент наивысшего напряжения», когда почти вся территория бывшей Якутской области была занята белобандитами. Благодаря проявленным под Вашим руководством успехам красных войск, а также правильно взятой военно-политической линии. Главным проводником которой были Вы, контрреволюционное движение пошло на убыль».
Саха норуотугар чугаьын, убаастабылы ылбытын бэлиэтээн этиллэр: «…верно понял свою миссию, точно определил сущность переживаемых Якутией условий, понял смысл и дух стремлений и чаяний якутского народа»
Талааннаах байыаннай салайааччытын туьунан кытта ахтыллыбыта: «опытный военный руководитель с природными дарованиями политический деятель. Под руководством части Красной Армии спасли Якутию от окончательного разорения и гибели от пепеляевской авантюры». Маны таьынан Ревком, Совнарком, ЯЦИК президиумун уонна да атын учрежденияларга бэйэтин опытынан, норуот психологиятын билэринэн, быьаарыылаах энергичнай улэтинэн улахан кемену онорбутун бэлиэтээбиттэрэ. Онтон, ол кэмнэ ЯЦИК президиумугар Саха норуота киэн туттар талааннаах уолаттара М.К. Аммосов, С.М. Аржаков уо.д.а. бааллара.
Карл Карлович Байкаловы өссө тыыннааҕар үйэтитэн барбыттара. Ол курдук 1936с 50 сааһын бэлиэтээбиттэрэ. ЯЦИК президиумун уурааҕынан К,К,Байкалов аата Өлүөхүмэ оройуонун бөһүөлэгэр, республика оскуолаларыгар, уулуссаларга, колхозтарга инэрии барбыта. 1936 сыллаахха Бүлүү куоратын 1№ ээх оскуолатын пионерскай этэрээтигэр кини аатын инэрбиттэрэ. К.К.Байкалов 1937 с Ревтрибунал председателинэн улэлии сылдьан бу осколаҕа, бу этэрээккэ ыалдьыттаабыт. Оҕолору кытта кэпсэппит, саахыматтаабыт (оччотооҕу пионервожатай М.Д.Капустин ахтыытыттан). Олоҕун бутэьик сылларын Моорукка олорбута. Айылҕатын, дьонун-сэргэтин сүрдээҕин сөбүлээбитэ. Улахан уола Табаҕаҕа үөрэммитэ. Суолаҕа икки игирэ оҕоломмуттара.
Моорукка К.К.Байкаловы 1965 сылтан үйэтитиигэ үлэлэспит киһинэн оччотооҕу Моорук оскуолатын директора (25 сыл үлэлээбит) Ермолаев Никон Михеевич буолар. К.К.Байкалов дьиэ кэргэттэрин кытта сибээьи олохтоон оскуолаҕа стендэттэн саҕалаан Байкалов Музей дьиэтин тэрийбитэ. Музей дириҥ ис хоһоонноох, баай матырыйааллаах буола улааппыта.
1963с. тохсунньу 27 күнүгэр бөдөҥсүйбүт «Коммунизм» колхозка (председатель А.Н.Анисимов) К.К.Байкалов аата инэриллибитэ.
1971 сыл тохсунньу 5 кунугэр Байкалов совхозка директор Сивцев Н.А. 9 № дээх бирикээьинэн социалистическай улэ кыайыылаахтарыгар К.К.Байкалов аатынан персональнай премия ананар буолбута.
1978 сыллаахха Ермолаев Н.М. туруорсуутунан физкультура учуутала Винокуров Н.С. тэрээьиннэринэн оройуонна К.К.Байкалов аатынан кыьынны сууруу тэриллэн, кэлин республиканскайга кубулуйбута. Билигин да5аны бу тэрээьин тиьигин быспакка буола турар.
19.01.2026