Моорук нэһилиэгэ Суосун ааҕыыларыгар

Олунньу 12 күнүгэр И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар үгэс быһыытынан 4-с төгүлүн төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө «Суосун ааҕыылара» буолан ааста. Бэлиэтээн эттэххэ, "Суосун ааҕыылара" аан бастакытын Иннокентий Михайлович Сосин төрөөбүтэ 95 сылын көрсө 2023 сыллаахха ыытыллыбыта. Бу сылы улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимэ И.М.Сосин сылынан биллэрбиппит. Тэрээһин сүрүн сыалынан биир дойдулаахпыт, биллиилээх оҕо суруйааччыта, эколог-суруйааччы, поэт, прозаик, суруналыыс, этнограф, публицист, билгэһит, кыраайы үөрэтээччи, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруналыыстарын, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ Бочуоттаах ытык кырдьаҕаһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа, Моорук, Тараҕай, Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Сосин олоҕун, үлэтин ыччакка сырдатыы, тиэрдии, кини аатын үйэтитии буолар. Ааҕыы 3 хайысханан : «Суолаттан тахсыбыт артыыстар» (И.М. Сосин «Суон Сурахтаах Суола үрэх» 2 кинигэтигэр олоҕуран); «Аатырбыт олоҥхоһуттар ааттара - үйэлэргэ» (И.М. Сосин Мэҥэ Хаҥалас олоҥхоһуттарын чинчийбит үлэлэригэр олоҕуран); «Саха олоҕун сэһэнньитэ» (И.М. Сосин айымньыларын ырытыы) ыытылынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ И.М. Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ кылаабынай библиограба, СӨ култууратын туйгуна Надежда Васильевна Сидорова, М.И. Брызгалова аатынан о5о бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ, СӨ култууратын туйгуна Ольга Николаевна Дьяконова (дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ), улуустааҕы “Таммахтар” литературнай холбоһук салайааччыта, улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы салалтатын исписэлииһэ Наталия Гаврильевна Пахомова үлэлээтилэр. Тэрээһини ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел кылаабынай бибилэтиэкэрэ Наталья Степановна Басова ыытта. Уопсайа Хорообуттан, Суола Мооруктан, Нөөрүктээйиттэн, Төҥүлүттэн, Майаттан 9 кыттааччы бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Моорук нэһилиэгин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Александр Николаевич Иванов "Суола иэйэр сайына" бырайыагын кэпсээн, Туоһу суругунан бэлиэтэннэ.
Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт, төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт "Суосун ааҕыыларын" Моорук орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Эрчим Лобанов "Манчаары дохсун олоҕо оҕо хараҕынан" (салайааччы Сосина Жанна Петровна) диэн тиэмэтинэн Кылаан кыайыылааҕынан таҕыста. Дириҥ ис хоһоонноох үлэлэри суруйан кыттыыны ылбыт ааҕааччыларбытыгар барыларыгар махтанабыт. Биһиги бары ытыктыыр, убаастыыр киһибит эколог -суруйааччы Иннокентий Михайлович Сосин аата куруук ааттана, айымньылара өссө да сыаналана туруохтара диэн эрэнэбит.

суосун ааҕылара 2026.jpg photo_5219844802361367037_y.jpg photo_5795550520888986960_y.jpg
13.02.2026